group-telegram.com/admvervil/26089
Last Update:
БИЛЛЭРИИ⚠️
ҮҺҮС ПАРОМ СЫРЫЫТЫН САҔАЛААТА
Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, нэһилиэнньэ сырыытын чэпчэтэр сыаллаах, улуус баһылыгын В.В. Николаев сорудаҕынан үһүс паром сырыыга таҕыста.
Ыам ыйын 27 күнүгэр Бүлүү өрүһү туоратарга 2 паром сырыытын саҕалаабыта.
Сүрүн навигация бэс ыйын 2-с күнүттэн саҕаланара былааннанар.
Халаан уута Чаллыр-Хоро суолун быһан паром тохтобула ПГС накопительга кылгас кэмҥэ оҥоһуллан турар. Паром сырыыта уһун сүүрүк утары барар буолан, биир биэрэктэн биир биэрэккэ 2 чаас курдугунан тиийэр, онон кэлэ-бара, быһа холоон, 4 чаастан ордук устар.
Быстах кэмнээх причал тохтобула кыараҕаһынан сибээстээн, сүрүн причал арыллыар диэри 3-тэн элбэҕэ суох паром сырыыта үлэлиэҕэ.
1. Паром "Айан" (Семёнов Анатолий Николаевич) сырыыта:
Сарсыарда 06:00 чаастан киэһээ 22:00 чааска диэри.
2. Паром "Жатайский" (Слепцов Альберт Дмитриевич) сырыыта:
Сарсыарда 08.00 чаастан киэһээ 22.00 чааска диэри.
3. Паром "250" (Слепцов Альберт Дмитриевич) сырыыта:
Сарсыарда 08.00 чаастан киэһээ 22.00 чааска диэри.
ПАРОМ ТОХТОБУЛЛАРА:
Причал 1. Федеральнай суолунан эргэ поликлиника.
Причал 2. ПГС накопитель, Сунтар, Ньурба өтүттэн кэлиигэ анал бэлиэни батыһан айанныыгыт.
#Паром2025
T.me/us/admvervil.com
BY ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260
Share with your friend now:
group-telegram.com/admvervil/26089