group-telegram.com/uoheebuluu/31853
Last Update:
#отчуот
Бэтэринээр идэлээх Алексей Егоров бөҕү хомуйар оператор үлэлээбэтэҕэ 8 ый буолбутун уонна төлөбүрү ыла олорорун этиннэ. Олохтоохтор баан каарталарын номнуо суут приставтарын нөҥүө арестаан саҕалаабыттар. Ону тэҥэ суол өрөмүөнүн үлэтин үчүгэй үлэлээх тэрилтэҕэ биэрэн киһилии оҥотторор уолдьаспытын бэлиэтээтэ. Нэһилиэнньэ оскуола тутуутун долгуйа кэтэһэрин эттэ.
Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэлиир бөҕү (ТКО) хомуйар региональнай оператор 15 тыһыынча солкуобайга бэйэтэ тиэхиньикэлээх суоппары үлэҕэ көрдөөбүт. Оттугун ороскуотун бу хамнаһыттан туһанарын эппит. Маннык хамнаска олохтоох дьонтон ким да сөбүлэспэтэх. Оператор бэйэтэ бүтэһигин бэс ыйын 21 күнүгэр бөҕү тиэйбит, ол кэннэ тохтообут. Олохтоох дьаһалта нэһилиэккэ кэлэн бөҕү ыраастаан үлэлээбэтэх ыйдарын аактаабыт, нэһилиэнньэттэн илии баттааһыны хомуйа сылдьар эбит.
Өҥө оҥоһуллубут эрэ түгэнигэр төлөбүр туһунан квитанция илиигэ кэллэҕинэ биирдэ төлөнүөхтээх. Бөҕү улуус киинигэр турар полигоҥҥа тиэйиэхтээх. Өҥө оҥоһуллубатах буоллаҕына төлөбүр төлөнүө суохтаах. Бу боппуруоһу миэстэтигэр быһааралларыгар, сөптөөх докумуоннары хомуйсан, сокуон бэрээдэгинэн ирдэһии үлэтин туруорсалларыгар сүбэлээтилэр.
"Тепломедсервис" тэрилтэ салайааччыта Евгений Ильин паромҥа киирии-тахсыы биэрэгэ хаһан оҥоһулларын ыйытта уонна паромҥа киирии уочаратын бэрээдэгэ тутуһуллубатын этиннэ.
Улуус баһылыга Валерий Николаев бу боппуруоска эппиэти биэрэригэр быйыл сайын 5 паром үлэлээбитин, биирдии чаас аайы сырыы оҥоһулла турбутун, паром үлэһиттэрэ квитанция, чек биэрэр буолбуттарын, уопсайынан бэрээдэктээһин үлэтэ барбытын иһитиннэрдэ.
Олохтоохтор СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө кэлэн отчуоттаан, сирэй көрсөн, кэпсэтэн барара олус туһалааҕын уонна наадалааҕын бэлиэтээтилэр.
Отчуот мунньаҕын туһунан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар тахсыаҕа
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат