group-telegram.com/uriysleptsov/3095
Last Update:
Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым, улууспут дьоно-сэргэтэ!
Эһигини барыгытын Модун Россия күнүнэн итииитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Россия баай историялаах, улуу культурнай уонна духуобунай утумнаах дойдунан буолар. Биһиги дойдубутунан киэн туттарбытыгар уонна сырдык кэскилигэр эрэллээх буоларбытыгар бары төрүөттэр бааллар.
Бу бырааһынньык дойдубут хас биирдии олохтооҕор Аҕа дойдуну кытта биир ситимнээҕин, быстыспат сорҕото буоларын санатарга кыаҕы биэрэр. Хас биирдии киһи кыһамньытыттан, сыралаах үлэтиттэн, эппиэтинэстээх сыһыаныттан, Дойдуга бэриниититтэн инники кэскилбит тутулуктаах.
Быйылгы Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир кэммитигэр биһиги Россия үгүс үйэлээх историятын, сыралаах уонна геройдуу суолун үйэтитэн, өбүгэлэрбит, эһэлэрбит хорсун быһыыларын ахтабыт. Дойду тыҥааһыннаах кэмнэригэр Ийэ дойдубутун көмүскүү, Россиябыт туһугар саха ньургун уолаттара кыргыс хонуутугар аттаммыттара, өлбөт-сүппэт албан аакка үйэлэргэ киирбиттэрэ! Билигин бара турар анал байыаннай дьайыыга Нам улууһун уолаттара саа-саадах тутан инники кирбиигэ Кыайыыны уһансаллар. Нам улууһа Россия интэриэһин көмүскүүр, эйэни, кырдьыгы туруулаһар геройдарынан, хас биирдии буойунунан, кинилэргэ көмөнү оҥорор хас биирдии киһитинэн киэн туттар.
Ытыктабыллаах Намым дьоно-сэргэтэ!
Тапталлаах Россиябыт чэлгийэ сайдарын, туругурарын туһугар биир сомоҕо буолан түмсүүлээхтик үлэлээн-хамсаан, дьоллоох-соргулаах олох суолун тутуоҕуҥ! Барыгытыгар дьолу-соргуну, эйэни уонна уйгулаах олоҕу баҕарабын!
https://www.group-telegram.com/us/uriysleptsov.com
BY Юрий Слепцов. Главные новости Намского улуса

Share with your friend now:
group-telegram.com/uriysleptsov/3095