Telegram Group & Telegram Channel
Бүгүн, ахсынньы ый 24 күнүгэр, улуус дьаһалтатын аактабай саалыгар ааспыт сайын улууспутугар турбут ойуур баһаардарын утары үлэлээбит, тыаларбытын харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылааттарын киллэрбит хорсун дьоммутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээн наҕараадалары туттартаатыбыт.

Ол курдук, Российскай федерация ойуур хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ түөскэ кэтэр бэлиэннэн Терехов Афанасий Васильевич, "Гражданскай килбиэн" түөскэ кэтэр мэдээлинэн Якутлесресурс Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Захаров Алексей Владимирович, Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба хайысхатыгар үтүөлэрин, Өрөспүүбүлүкэ социально-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын уонна үтүө суобастаах өр сыллаах үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Бочуот грамотатынан Захаров Макар Аркадьевич, СӨ тулалыыр эйгэҕэ уонна айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтин Бочуот грамотатынан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов, Ойуур хаһаайыстыбатын харыстааһыҥҥа өр сыллаах эҥкилэ суох бэриниилээх үлэтин иһин Авиалесохрана судаарыстыбынай бүддьүөт тэрилтэтин 80 сыллаах үбүлүөйүнэй мэдээлинэн Иванов Василий Васильевич, тулалыыр эйгэ уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Бочуот грамотатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи авиаотделение парашютист-баһаарынайа Саввинов Никита Сергеевич наҕараадаланнылар.

Маны сэргэ, ойуур баһаарын умуруорууга күүстээх үлэҕэ тулуурдаахтык, дьаныардаахтык үлэлээбит Якутлесресурс туруу үлэһиттэрэ "За ударный труд" түөскэ кэтэр мэдээлинэн, "Лесоавиа" судаарыстыбынай бүддьүөт тэрилтэтин баһаарынайдара тэрилтэ Бочуот грамотатынан наҕараадаланнылар.

Ойуур баһаардарын ыксаллаах быһыыта Үөһээ Бүлүүгэ ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыта. 2024 сылга улууспутугар турбут 31 ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 1509 киһи, 185 техника үлэлээтэ. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо, ФБУ Авиалесохрана, ГАУ "Якутлесресурс", МЧС, ОГПС өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна атын улуустар салааларын үлэһиттэрэ, Бурятияттан уонна Тюменьтан авиалесохрана федеральнай этээрээттэрэ, ХИФУ устудьуоннара, самолет-амфибия Бе-200, уу кутар тэриллээх вертолет МИ-8, ардаҕы ыҥырар зондировщик-самолет Үөһээ Бүлүү улууһун тыаларын, ойуурдарын уоттан быыһааһыҥҥа бары күүһү ууран үлэлээтилэр.

Айылҕа күүһүн - уоту тохтоторго күнүстэри-түүннэри сынньанар диэни билбэккэ кыһамньылаахтык үлэлээбит бар дьоммутугар, маны сэргэ, өйөбүлү оҥорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

#ЛесноеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/cn/ValeriNikolaev.com
👍72🤩1

group-telegram.com/ValeriNikolaev/2226
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
group-telegram.com/ValeriNikolaev/2226

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

As a result, the pandemic saw many newcomers to Telegram, including prominent anti-vaccine activists who used the app's hands-off approach to share false information on shots, a study from the Institute for Strategic Dialogue shows. Telegram was founded in 2013 by two Russian brothers, Nikolai and Pavel Durov. Now safely in France with his spouse and three of his children, Kliuchnikov scrolls through Telegram to learn about the devastation happening in his home country. Perpetrators of such fraud use various marketing techniques to attract subscribers on their social media channels. "And that set off kind of a battle royale for control of the platform that Durov eventually lost," said Nathalie Maréchal of the Washington advocacy group Ranking Digital Rights.
from cn

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American