Telegram Group & Telegram Channel
#планерка

Улууска культура үлэһиттэрин күнүн көрсө ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан культура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова билиһиннэрдэ.

Ол курдук, кулун тутар 21 күнүттэн туһааннаах тэрээһиннэр саҕаланыахтара. Бу күн аар-саарга аатырбыт "Чолбон"рок- бөлөх кэтэһиилээх кэнсиэрэ Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа. Бүгүн 14 чаастан бөлөх "Саха" НКИК быһа эфирыгар, кулун тутар 19 күнүгэр "Саҥа күн" биэриигэ ыалдьыттыаҕа.

Кулун тутар 23 күнүгэр "Культура кэскили кэрэһэлиир" эдэр саастаах культура үлэһиттэригэр аналлаах квест-оонньуу Харбалаахха ыытыллыаҕа.

Кулун тутар 24 күнүгэр улуустааҕы О. Д. Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ "Творцы хорошего настроения" кинигэ быыстапката улуус олохтоохторун болҕомтотугар туруоҕа. Бу күн киэһэ 6 чаастан "Творцы красоты среди работников КДУ Верхневилюйского улуса" культура үлэһиттэрин икки ардыларыгар кустовой күрэх, айар түһүлгэ ураты киэһэтэ ыытыллыаҕа.

Кулун тутар 25 күнүгэр Эстрада тыйаатырын артыыстара "Мааппа" испиктээккэ улуус олохтоохторун күүтэллэр. Бу күн күнүс 2 чаастан эстрада ырыаһыттара Анастасия Готовцева, Эрчим, Юрислав Гольдеров кыттыылаах "Иэйии-2025" культура үлэһиттэрин чиэстээһин дьоро түһүлгэтэ тэнийиэҕэ.

Кулун тутар 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка киэн туттар биир дойдулаахпыт, ытык-мааны оһуокайдьыт, сахалыы остуол оонньууларын тарҕатааччы, оҕо оһуохайын оскуолатын төрүттээччи Дмитрий Яковлевич Федотов сырдык кэриэһигэр уонна 90 сааһыгар оҕолорго уонна ыччаттарга "Ойор-тэбэр оһуохай" өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай күрэҕэ Арчы дьиэтигэр буолуоҕа. Кыттыыны ылалларын туһунан Таатта, Амма, Чурапчы, Хаҥалас, Бүлүү бөлөх улуустарын ыччаттара, АГИКИ, музыкальнай колледж, культура колледжын устудьуоннара түһэрбиттэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
👍7

group-telegram.com/uoheebuluu/32753
Create:
Last Update:

BY ГАЗЕТА ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО РАЙОНА «ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ»

Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/32753

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The War on Fakes channel has repeatedly attempted to push conspiracies that footage from Ukraine is somehow being falsified. One post on the channel from February 24 claimed without evidence that a widely viewed photo of a Ukrainian woman injured in an airstrike in the city of Chuhuiv was doctored and that the woman was seen in a different photo days later without injuries. The post, which has over 600,000 views, also baselessly claimed that the woman's blood was actually makeup or grape juice. As a result, the pandemic saw many newcomers to Telegram, including prominent anti-vaccine activists who used the app's hands-off approach to share false information on shots, a study from the Institute for Strategic Dialogue shows. However, the perpetrators of such frauds are now adopting new methods and technologies to defraud the investors. On Telegram’s website, it says that Pavel Durov “supports Telegram financially and ideologically while Nikolai (Duvov)’s input is technological.” Currently, the Telegram team is based in Dubai, having moved around from Berlin, London and Singapore after departing Russia. Meanwhile, the company which owns Telegram is registered in the British Virgin Islands.
from de

Telegram ГАЗЕТА ВЕРХНЕВИЛЮЙСКОГО РАЙОНА «ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ»
FROM American