Telegram Group & Telegram Channel
#УлууКыайыы80сыла

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Мэйик нэһилиэгэр Кыайыы 80 сылын көрсөр тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык аастылар.

Тэрилтэлэр бары уонна нэһилиэк олохтоохторо, ону кытары ытык кырдьаҕаспыт, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, улуус бочуоттаах ветерана, үлэ, тыыл ветерана Василий Илларионович уонна Герой Ийэ, Мэйик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ ветерана, уола анал байыаннай дьайыыга эйэлээх олох иһин сырдык тыынын толук уурбут, Чечня байыаннай дьайыытын кыттыылааҕа Дмитрий Михайлович Иванов тапталлаах ийэтэ Марфа Ивановна Иванова хос сиэнинээн, Дмитрий сиэнинээн, 3 саастаах Дариналыын кыттыылаах улахан парад буолан ааста.

Ол кэннэ биир дойдулаахпыт Анатолий Гаврильевич Федоров бырайыагынан нэһилиэк олохтоохторо үбүнэн көмөлөһөн мрамортан оҥоһуллубут, Мэйиктэн 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт хорсун буойуттарбытыгар аналлаах памятник арыллыыта бар дьон сэҥээриитин, махталын ылла.

Ону сэргэ «Кинилэр ааттара үйэлэргэ» диэн кинигэ презентацията буолла. Кинигэни Эльвира Федорова элбэх үлэни көрсөн, таҥан оҥордо.

Кыайыы күнүн тэрээһинигэр тэрилтэлэр инсценировка уонна концерт туруоран, силигин ситэрэн биэрдилэр. Бу кэннэ нэһилиэк баһылыга Иван Игоревич Яковлев итии чэйдээх, сылаас астаах остуолга кырдьаҕастарын, тэрээһин кыттыылаахтарын ыҥыртаан ирэ-хоро кэпсэтэн тарҕастылар.

Туругурдун Улуу Кыайыы! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Агафья Догуева, Мэйик нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа

Хаартыскалары комментарийга көрүҥ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

group-telegram.com/admvervil/25849
Create:
Last Update:

BY ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil

Share with your friend now:
group-telegram.com/admvervil/25849

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The Dow Jones Industrial Average fell 230 points, or 0.7%. Meanwhile, the S&P 500 and the Nasdaq Composite dropped 1.3% and 2.2%, respectively. All three indexes began the day with gains before selling off. In 2018, Russia banned Telegram although it reversed the prohibition two years later. Unlike Silicon Valley giants such as Facebook and Twitter, which run very public anti-disinformation programs, Brooking said: "Telegram is famously lax or absent in its content moderation policy." Russians and Ukrainians are both prolific users of Telegram. They rely on the app for channels that act as newsfeeds, group chats (both public and private), and one-to-one communication. Since the Russian invasion of Ukraine, Telegram has remained an important lifeline for both Russians and Ukrainians, as a way of staying aware of the latest news and keeping in touch with loved ones. In a message on his Telegram channel recently recounting the episode, Durov wrote: "I lost my company and my home, but would do it again – without hesitation."
from pl

Telegram ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
FROM American